
Бүгүн, балаҕан ыйын 13 күнүгэр, Майа сэлиэнньэтин «Манчаары» спорт уораҕайыгар буулдьанан ытыыга улуус спартакиадатын чемпионата ыытылынна.
Уопсайа 21 нэһилиэктэн 42 киһи кыттыыны ылла.
Сүрүн судьуйанан Александр Сидоров, сэкирэтээринэн Клавдия Тихонова үлэлээтилэр.
🔸Биирдиилээн бастыыр иһин күрэх түмүгүнэн:
Эр дьоҥҥо
🥇I миэстэ — Федор Борисов (Балыктаах),
🥈II миэстэ — Андросов Александр (Төҥүлү),
🥉III миэстэ — Сидоров Гаврил (Хара);
Кэрэ аҥардарга
🥇I миэстэ — Лия Петрова (Чүүйэ),
🥈II миэстэ — Саина Егорова (Хара),
🥉III миэстэ — Марина Егорова (Майа).
🔸Хамаанданан бастыыр иһин күрэххэ:
I бөлөххө
🥇I миэстэ — Хара нэһилиэгэ,
🥈II миэстэ — Төҥүлү нэһилиэгэ,
🥉III миэстэ — Майа сэлиэнньэтэ;
II бөлөххө
🥇I миэстэ — Мэҥэ нэһилиэгэ,
🥈II миэстэ — 1-кы Баатара нэһилиэгэ,
🥉III миэстэ — Ходоро нэһилиэгэ;
III бөлөххө
🥇I миэстэ — Баатара нэһилиэгэ,
🥈II миэстэ — 3-с Мэлдьэхси нэһилиэгэ,
🥉III миэстэ — Чыамайыкы нэһилиэгэ.
