Өрөспүүбүлүкэ күнэ
Хара нэһилиэгэр 2023 сыл Дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан биллэриллибитэ. Муус устар 27 күнүгэр - Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэммит күнүгэр “Айыллаан” култуура киинигэр “Хара нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтэ тэрийэн “Хара нэһилиэгэ” 4 томнаах кинигэ ис хоһоонун чэрчитинэн “МЫНДЫР ӨЙ” түөрт оонньуулаах күрэхтэһии сүүмэрдээһинэ ыытылынна. Икки киһилээх 8 хамаанда: “Кэрэчээн”, “Уһуйааччылар”, “Дьүөгэлиилэр”, “Эдьиийдии балыс”, “Бырааттыылар”, “Айрус”, Терентьевтэр,…
